Бүгүн Харбалаах нэһилиэгэ кыһыны атаардыбыт. Саҥа И.Н. Барахов аатынан култуурунай сыантырбыт иннигэр күлэн-үөрэн, оонньоон-көрүлээн тарҕастыбыт. Култуура үлэһиттэрэ араас оонньуулары биирдиилээн уонна түөлбэнэн күрэхтэри ыыттылар. Ол курдук, түөлбэнэн плов астааһына, “Хаар айан” диэн кэрэ аҥардар икки ардыларыгар куоталаһыы уонна күүстээх аҥаардарга военизированнай эстафета.
Саамай минньигэс пловтаах Харыйалаах түөлбэ буолла.
Саамай быһый “Хаар айан” күрэххэ Майаахы кэрэ анардара бастакыннан кэллилэр, иккис Кубалаах уонна үһүй Харыйалаах түөлбэлэрэ.
Күүстээх аҥардарга Майаахы түөлбэ бастаата, иккис Кубалаах уонна Харыйалаах үһүс буоллулар.
Уопсай түмүккэ Майаахы түөлбэ бастаата, 2-3 миэстэни Кубалаах Харыйалааҕы кытта аҥаардастылар.
Олус диэн сэргэх тэрээһини ыыппыт култуура үлэһиттэригэр барҕа махтал буолуохтун. Харбалаах нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ куруук маннык көхтөөхтүк кыттан иһин.