Г.И. Чиряев төрөөбүтэ 100 сылынан.

Чиряев Гавриил Иосифович (1925-1982) – муус устар 4 күнүгэр 1925 сыллаахха Кыадаҥда нэһилиэгэр төрөөбүтэ, учууталлыы сылдьан армияҕа 1943 сыллаахха бэс ыйыгар ыҥырыллыбыт, 284-с СД 1047-с СП старшай лейтенана. Японияны утары сэрии кыттыылааҕа, 1950 сыллаахха демобилизацияламмыт. “Японияны кыайыы иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Сэрии кэнниттэн 1965-82 с.с. Саха сирин обкомун l секретара, Ленин, Октябрьскай революция уордьаннарын, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан икки төгүллээх кавалера. 1982 сыллаахха Дьокуускайга олорон баара-суоҕа 58 саастааҕар ыалдьан өлбүтэ.
Суруйааччы Илья Петров ахтыыта: “1943 сыл армияҕа барааччылары атаарыыга, биһигини трибуна аттыгар тохтоппуттара. Хас да киһи тыл эппитин кэннэ, чороччу улаатан эрэр призывник уол тыл эппитэ: “Биһиги кыайтарары билбэт Кыһыл Армия кэккэтигэр тиийэммит, Ийэ дрйдубутун, бар дьоммутун, алаһа дьиэбитин кыыллыйьыт фашистартан, Гитлер үөрдэриттэн быыһыы бараары турабыт. Эһиги манна, тыылга хаалааччылар, кыайыыны тэҥҥэ үллэстиҥ! Ситиһиилээхтик үлэлээҥ! Биһигини суохтаамаҥ! Килбиэннээх Кыһыл Армиябытыгар албан аат!” – диэн этэн бүппүтэ. Мин аттыбар оттомноох сирэйдээх уол турапыттан: “Тыл эппит уолу билэҕин дуо? – диэн ыйыттым. Онуоха уолум: “Куорат орто оскуолатын учуутала Гавриил Чиряев. Кинини кытта бииргэ үөрэммиппит” – диэн эппитэ. Бүлүү оройуонуттан ыҥырыллыбыт призывниктар эшелоннарын командирынан Гавриил Чиряев этэ. Биһигини Монголияҕа Чойбалсан куорат аттыгар, кыракый үрэх чугаһыгар тохтоппуттара. Саллаат сиэрэй сонун онно таҥныбыппыт. Гавриил Чиряев штабка сулууспалаабыта. Дэҥ көрөрүм. 1950 сыллаахха диэри сулууспалаабыта”.
Гавриил Иосифович Чиряев аатын оҕолоро, сиэннэрэ үйэтитэллэр.
Кини туҺунан Николай Иванович Соломов ахтыыта баар. 1966-72 сс.Саха сиригэр комсомол Обкомун 1 сэкэрэтээринэн, 1973-75 сс. Саха сирин горкомун 1 сэкэрэтээринэн үлэлээбитэ. Урукку да кэмнэргэ бүгүҥҥү кыҺал5а эмиэ турар эбит ээ. Ону эмиэ билиҥҥи курдук быҺаараллар эбит.
“Г.И.Чиряев”. “Бичик”. 1995 с. кинигэ5э сал5ыытын көрүөххэ сөп
1995 с.тахсыбыт бэрт дьоҺуннаах кинигэни сыта-тура аа5аргытыгар сүбэлиибит. Манна тимир суол кэлиитин, хотугу надбавканы олохтоохторго хайа ньыманан киллэрбитин,салайааччы күннээ5и үлэтин, дьоҥҥо-сэргэ5э сыҺыанын арыйар ахтыылартан билиэххэ сөп.
“Айар “ национальнай кыһа “Выдающиеся люди республики “ сиэрийэтинэн бу күннэргэ төрөөбүтэ 100 сыла бэлиэтэнэр уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл, 1965-1982 сс. ССКП обкомун бастакы сэкэритээрэ Гавриил Иосифович Чиряев туһунан кинигэ бэчээттэнэн таҕыста.
Кинигэни сааһылаан, таҥан таһаарыыга СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин национальнай библиографияҕа киинин сүрүннүүр библиограба Тамара Николаевна Семенова, СӨ национальнай архыыбын дириэктэрин уопсай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Николаевна Малышева үлэлэстилэр. Бу баай, киэҥ ис хоһоонноох кинигэни оҥорууга СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин матырыйааллара, СӨ национальнай архыыбын пуондатыттан, Бүлүү улууһунааҕы Г.И.Чиряев аатынан мусуойтан, Чиряевтар дьиэтээҕи архыыптарыттан докумуоннар уонна хаартыскалар туһанылыннылар. Кинигэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин аҕа баһылыга Айсен Николаев, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Г.И. Чиряев төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх тэрээһиннэри бэлэмнээһиҥҥэ уонна ыытыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Анатолий Семенов, “Бүлүү улууһа “ МО баһылыга Сергей Винокуров киирии тылларынан саҕаланар.
Кинигэ үс улахан “Во благо народа, во имя республики”, “На защите отечества”, “Человек эпохи созидания” ( 1965-1982) разделларынан дьон-сэргэ улахан ытыктабылын ылбыт судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл, бөдөҥ салайааччы өрөспүүбүлүкэ сайдарын туһугар далааһыннаах, кэскили түстээбит үлэтэ-хамнаһа киэҥник сырдатылынна.
Гавриил Иосифович Чиряев аатын кытта өрөспүүбүлүкэбит 1960 сыл иккис аҥарыттан саҕалаан,  1980 сс. диэри индустриальнай сайдыытыгар улахан уларыйыылар, өрөспүүбүлүкэбит экэниэмикэ өттүнэн өрө тахсыыта улахан сибээстээх. Кини муударай салайааччы, экэниэмикэ наукатын хандьытаатын быһыытынан Саха сирин сайдыытын ордук кэскиллээх хайысхаларын таба көрөр ураты дьоҕурдаах этэ. Кини салайар кэмигэр Саха сирэ биир ситимнээх бырамыысылыннай сайдыыны тутуспута. Дойдубут сирин баайын далааһыннаахтык хостооһун саҕаламмыта. Кини Саха сирин чоҕу хостуур киинин – Нерюнгрины, Айхал уонна Удачнай бөһүөлэктэрин тутууну саҕалаабыта. Бу кэмҥэ Тыында-Беркакит-Угольная тимир суол линиятын тутуу, Бүлүү ГЭС бастакы уонна иккис уочаратын киллэрии, өрөспүүбүлүкэ киинигэр Дьокуускайга, киин оройуоннарга гаас турбатын тардыы күүрээннээхтик саҕаламмыта. Бу балысхан сайдыы бары эйгэлэрин– тыа хаһаайыстыбатын, чэпчэки бырамыысыланнаһы, култуураны уонна ускуустубаны таарыйбыта. Ол курдук,  успуорка чаҕылхай ситиһиилэр кэлбиттэрэ, улахан литературнай айымньылар бэчээттэммиттэрэ.
“ Кини муударай, уһулуччу дьулуурдаах, эриэккэс талааннаах салайааччы этэ. Учуутал, саллаат, судаарыстыбаннай сулууспалаах, дойду таһымынан сайдыылаах салайааччы уонна лиидэр, промышленник, тутааччы, новатор, учуонай этэ”.