“МУУС УСТАР – 2025” ыччат бэстибээлэ

Харбалаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Владилена Платонова, Илена Кузьмина уонна Саргылана Алексеева өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар үрдүк таһымнаах “Муус устар – 2025” ыччат бэстибээлигэр улуус чиэһин көмүскүү барбыттара.

Күрэх барыта 3 түһүмэҕинэн барда. Ол курдук,
1 түһүмэххэ “Первые вместе!” диэн хамаандалар бэйэлэрин билиһиннэрдилэр.
2 түһүмэххэ “Полезные советы Первых” хамаандалар маастар кылаас көрдөрдүлэр. Бу түһүмэххэ биһиги кыргыттарбыт 15 мүнүүтэ иһигэр туойтан балаҕан оҥоруутун көрдөрдүлэр.
3 түһүмэххэ “Игры Первых” хамаанда ханна да хаһан да оонньоммотох оонньуулары толкуйдаан оонньоттулар.

Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандата “Муус устар- 2025” өрөспүүбүлүкэҕэ ыччат бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллыбыт “Первые вместе!” куонкуруска 18 хамаандаттан 5 миэстэ буоллулар. Кыргыттарбыт олус бэркэ кытыбыттар, эҕэрдэлээн биэриэҕиҥ 👏🏼👏🏼👏🏼