
Наталья Владимировна Михалева – Сайа “Улуу Тымныы оҕуһа” үһүйээн-остуоруйа кинигэттэн, “Остуоруйа истэр дьоро киэһэ” бырайыак чэрчитинэн уһуйаан оҕолоругар Сэтинньи ыйын кэпсээтибит. Ону таһынан, Александр Моруо режиссердаах, Александр Моруо уонна Юлия Синельникова сценарийдаах “Тымныы Оҕуһа” диэн ойуулугу көрдүлэр. Кэлэр, ахсынньы ыйга Тымныы Оҕуспут туох, хайдах буоларын билиэхтэрэ.


