
Олоҥхо декаадатын чэрчитинэн “Олоҥхо дьыктаана” Харбалаах нэһилиэгэр 9 киһи суруйда. Дьыктааны Н.Г. Золотарев аатынан Харбалаах орто оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччыта, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Туйаара Трофимовна Колтовская аахта.
“ТУЙГУН” – “Бастыҥтан бастыҥ суруксут” буоллулар: Кононов Дмитрий Иванович, Платонова Надежда Константиновна, Филиппова Валентина Васильевна, эҕэрдэлиибит. 6 киһи, 4 сыанаҕа суруйдулар, “Бастыҥ суруксут” буоллулар, эҕэрдэлиибит.

Олоҥхо дьыктаанын ыытыы сыала-соруга нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар ананар:
– олоҥхо тылын-өһүн иҥэринии;
– олоҥхо тылын билиини чиҥэтии;
– олоҥхо туһунан билиини кэҥэтии;
– төрөөбүт тылынан таба суруйар таһымы үрдэтии;
– сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарыы.


