
Үгэс буолбут өй күрэҕин быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр уонна Саха сирин бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаевка ананан ыытылынна. Уопсайа 4 хамаанда илин-кэлин түсүһэн, “Учууталлар” хамаандалара 27 Бараахапка хаччыланан кыайыыны ситистилэр. Иккис бочуоттаах миэстэҕэ “Талбаана” хамаандата, үһүс “Нэһилиэк” хамаандата уонна төрдүс миэстэ “Оҕолор” хамаандалара. Оонньуубут сайдарын туһугар көһө сылдьар куубак оҥостон, оонньуубут сытыырҕанна. Куруук оонньуур, билиилэрин хаҥаттар дьоннорбутугар барҕа махтал.




