Оһуохай

Ыам ыйын 28 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгэр “Сайыны көрсүү”, маны тэҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ оһуохай декадатынан чэрчитинэн, бэт үчүгэй сэргэх тэрээһин буолан ааста. Нэһилиэк олохтоохторо эрэ буолбакка ыалдьыттар эмиэ кэлбиттэр. Тэрээһин күөххэ үктэммиччэ Айыыларга, сир-дойду
иччилэригэр cүгүрүйүү, ыраастаныы, арчыланыы сиэрин – туомун Светлана Даниловна Копыленко ыытта. Ол кэннэ, Үөһээ Бүлүү улууһуттан ыалдьыттарбыт Ай Куо Егорова, Тома Омукчанова, СӨ үтүөлээх оһуохай этээччитэ Хаарчаана Семенова уонна улуус, өрөспүүбүлүкэ Дархан оһуохай этээччитэ Валентина Семенова Оһуохайы оройуттан туттулар. Улуустан кэлбит ыалдьыттарбытын кытта нэһилиэк талба талааннаахтара кыттыгастаах кэнсиэрт туруордулар. Нэһилиэкпит эр дьонноро Баай Байанай бэссибит куһуттан, балыгыттан миин буһаран амсаттылар, “Талбаана” түмсүү алгыстаах арыылаах алаадьыннан, саламаатынан күндүлээтилэр. Сахалыы төрүт оонньууларын оҕолор да аҕам саастаахтар олуһун интириэһиргээн, сөбүлээн оонньоотулар. Тэрээһин хамаанданнан көрдөөх эстафетаннан түмүктэннэ. Кэлбит дьоммут-сэргэбит, үөрэн- көтөн махтанан тарҕастылар.