Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүгэр, дойдубутугар Дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр Оҕо саас сылыгар аналлаах «Дьоллоохпун дьоммунан» уруһуй күрэҕэр уопсайа 37 үлэ киирдэ. Улахан кылаас оҕолоро кыттыбатахтарын иһин уһуйаан оҕолоро, 1-2 кылаас уонна 3-4 кылаас оҕолоро диэн араардыбыт. Ол курдук, уһуйаан оҕолоругар 1 үрдэл – Уларов Петя, 2 үрдэл – Можукова Елена, 3 үрдэл – Николаева Аурелия. 1-2 кылаастарга 1 үрдэл – Кузьмин Эрсан, 2 үрдэл – Иванова Софья (МБОУ «Кудунская нш-дс» 2 кыл.), 3 үрдэл – Федоров Артем. 3-4 кылаастарга 1 үрдэл – Сутуруканова Күбэйэ, 2 үрдэл – Платонова Сайаана, 3 үрдэл – Романов Сандал. Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит! Кытыннарбыт төрөппүттэргэ, уһуйаан иитээччилэригэр, учууталларга барҕа махтал!
















































