




Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаан “Төлө туппат төрүт баайыҥ-төрөөбүт ийэ тылыҥ” өй күрэҕэ Харбалаах нэһилиэгэр буолла. Күрэх 9 түһүмэхтээх: тылы билиигэ, быһаарыыга, айымньыны, таабырыны, өс хоһоонун, сомоҕо домоҕу тургутууну 5 хамаанда ааста. Оскуола оҕолоро, ыччаттар, ийэлэр, эбэлэр кэлэн кыттан бардылар. Араас бииртэн биир түһүмэхтэри ааһан Н.Якутскай аатынан оскуола учууталлара кыайдылар.