Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнэ Харбалаах нэһилиэгэр

Харбалаах нэһилиэгин оҕолоро, дьоно-сэргэтэ уонна ыалдьыттар сарсыарда 11 чаастан үгэс быһыытынан, судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, Саха автономиятын төрүттэспит чулуу убайбыт Исиидэр Бараахап пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдубут.

Ону таһынан, судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, Саха автономиятын төрүттэспит Улуу убайбыт, биир дойдулаахпыт И.Н. Бараахап 125 сааһыгар аналлаах улуус үрдүнэн ыытыллыбыт Эстафета күрэҕэр кытынныбыт. 1кыластан 11 кылааска диэри оскуола оҕолоро, ыччаттар, улахан дьон уонна бэтэрээннэр кыттыыны ыллылар. Бары кыттыбыт дьон маладьыастар, өрүү маннык көхтөөхтүк, түмсүүлээхтик, чөл олоҕу тутуһан, спордунан дьарыктанын, чэгиэн доруобай буоларга Харбалаах нэһилиэгэ көхтөөх.

Ол кэннэ, «Күһүн Бэлэҕэ» дьаармарка буолла. Төрөппүттэр араас минньигэс ас дэлэйин буһаран аҕалан оҕолор атыылаатылар. Кылаастар бары хаартыскаҕа түһэр муннук оҥостубуттар. Култуура үлэһиттэрэ ырыа-тойук, араас көрдөөх оонньуулары ыыттылар. Кэлбит дьон, оҕолорун кылаастарын өйөөн минньигэс аһы астына атыылаһын тарҕастылар.

Дьэ бу курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнэ Харбалаах нэһилиэгэр сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри сэргэхтик ааста.