Балаҕан ыйын 16 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгин «Төлкө» Ийэ тыл түмсүүтэ «Ийэ тыл – көмүстэх үрүйэ» диэн тэрээһини Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэригэр тэриллибит Ийэ тыл түмсүүлэрин түмэр сыаллаах тэрилиннэ. Тэрээһин сүрүн сыалынан: Ийэ тылы хараанныырга үлэни сүрүннээһин. Соруктарынан: саха норуотун суруйааччыта Н.Г. Золотарев-Н.Якутскай 115 сааһын бэлиэтээһин; Харбалаах нэһилиэгэр тэриллибит “Төлкө” Ийэ тыл түмсүүтүн үлэтин былааныгар олоҕуран, нэһилиэктэр түмсүүлэрин үлэлэрин торумнааһын.
Тэрээһини иилээн-саҕалаан И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннас түмэлин сүрүн үлэһитэ Семенова Евдокия Павловна ыытта. Ийэ тыл сүбэтин салайааччыта Бурхалей Степанович Макаров тыл эттэ. Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Данилович Платонов суруйааччы Николай Якутскай псевдонимын хайдах ылыммытын туһунан кэпсээтэ. Харбалаах нэһилиэгин «Төлкө» Ийэ тыл түмсүүтүн салайааччыта Дмитрий Иванович Кононов тыл эттэ. Харбалаах нэһилиэгин 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ хоһоон аахтылар. Түмэл дириэктэрэ Светлана Даниловна Копыленко суруйааччы Николай Якутскай олорон ааспыт олоҕун, айар үлэтин туһунан үүнэр көлүөнэҕэ билиһиннэрдэ.








Суруйааччы киинэ түспүт уонна олорон ааспыт алаһа дьиэтигэр сырыттылар




Николай Якутскай төрөөбүт алааһыгар – Дөлөкөйгө дьиэтин оннун көрдүлэр, ыалдьыттар сэргэ, дүлүҥ тыы көрдөөн бириис туттулар уонна тото-хана аһаатылар.















Тэрээһиммит иккис чааһыгар Харбалаах нэһилиэгэр тэриллибит “Төлкө” Ийэ тыл түмсүүтүн үлэтин былаанын кэпсээтибит. Улуус Ийэ тыл түмсүүтүн сыллааҕы былааныгар этиилэр этилиннилэр, санаалар сааһыланнылар.









“Саамай Саха Ньукулайа айымньыларынан айан” сэргэх оонньуу. Ньукулай Дьокуускай остуоруйаларынан күлүгунэн ыалдьыттар оонньоотулар.






Алгыстаах тэрээһин Хоро кыыһа Хаарчаана Семенова оһуохайынан түмүктэннэ??????

Тэрээһиҥҥэ уопсайа 58 киһи кытынна, олортон 20 Үөһээ Бүлүү улууһун М.А. Алексеев аатынан лицей-интернатын 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ 20 буолан Ньукулай Дьокуускай туһунан билэн-көрөн бардылар. Хоро, Ороһу, Нам, Тамалакаан, Үөдүгэй уонна Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрэ кыттыына ыллылар.