Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин дьаралыга уонна былааҕа

Үөһээ Бүлүү улууһа  олунньу 10 күнүгэр 1935 сыллаахха төрүттэммитэ.

Билиҥҥитэ 21 муниципальнай тэриллии баар: Балаҕаннаах, Боотулуу, Кырыкый, Быракаан, Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү, Далыр, Үөдүгэй, Кэнтик, Маҥаас, Мэйик, Нам, Оҥхой, Өргүөт, Ороһу, Сургулуук, Тамалакаан, Туобуйа, Харбалаах, Хомустаах уонна Хоро нэһилиэктэрэ.

1917 с. диэри Үөһээ Бүлүү улууһа Бүлүү уокуругар киирэрэ, 24 нэһилиэктээх этэ: 1-кы Чочу, 2-с Чочу, Харбалаах, Кэнтик, Халбаакы, Дүллүкү, Ороһу, Туобуйа, Мэйик, Үөдүгэй, 2-с Үөдүгэй, 3-с Үөдүгэй, Нам, Ороһу, 1-кы Хоро, 2-с Хоро, 1-кы Күүлэт, 2-с Күүлэт, 1-кы Боотулуу, 2-с Боотулуу, Оноҕоччут, Чуукаар, Сургулуук.

Ол кэннэ Үөһээ Бүлүү 1935 сыллаахха олунньу 10 күнүгэр Бүлүүттэн арахсан, туспа улуус буолбута. Онон олунньу 10 күнэ Үөһээ Бүлүү улууһун төрүттэммит күнүнэн ааҕыллар.