Субуотунньук

Бүгүн Харбалаах нэһилиэгэр Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр уонна төрөппүттэригэр муус ылыытыгар субуотунньук буолла. Ону таһынан Үөһээ Бүлүү улууһун иһинэн ыытыллар “Ханыы күн – доруобуйа күнэ” бырыйыакка анаан Харбалаах нэһилиэгин күүстээх аҥара муус ылыытыгар көхтөөхтүк кытыннылар, барҕа махтал буолуохтун! Маннык тэрээһини Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Данилович Платонов сылын аайы тэрийэн, бары бииргэ сомоҕолоһон ыытара хайҕаллаах.