АҔАБАР

Ииппит, харайбыт аҕам Уоһукап Өлөксөөн кэриэһигэр

Аҕабар

Эмискэ тэһитэ астаран

Мин өйдөөн кэлэбин аҕабын –

Сөтөллөн хахсайа-хахсайа

Өтөххө от охсо турарын…

Ол онно хотуурун ыламмын

Далайан барбатах абабын!

Аһына даҕаны саныыбын

Ыарыһах, хачаайы аҕабын…

Сыарҕалаах атынан мас тиэйэн

Түптэлэс тымныыга кэлэрэ,

Санныгар көмнөҕү бүрүнэн

Илиитэ бөҕүөрэн киирэрэ…

Онуоха сатаатар тоҥ маһы

Сүөккэһэн биэрбэтэх абабын!

Дьэ, кэлэн аһына саныыбын

Суох буолта ырааппыт аҕабын…

Биирдэ да саҥаран, сэмэлээн

Мөхпүтэ, тыыммыта диэн суоҕа,

Хата ол оннугар сүбэлээн

Үөрэтэ, такайа туруоҕа.

Күн устан, сыл ааһан билигин

Мин бйэйэм кырдьаҕас аҕабын,

Ол эрэн суохтуубун эйигин

Амарах, көмүскэс аҕабын!

1996 с. Руслан Кривошапкин

Аҕа күнэ хас сыл аайы алтынньы үһүс баскыһыанньатыгар  Владимир Путин  2021 сылга 573 нүөмэрдээх укааһынан  Россияҕа Аҕа күнүн бэлиэтиир буолбуппут. Докумуоҥҥа сурулларынан, бырааһынньык дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтөр уонна оҕону иитиигэ аҕа оруолун үрдэтэр сыаллаах.

Онтон Саха сиригэр Аҕа күнэ муус устар маҥнайгы өрөбүлүгэр 1999 сыллаахтан бэлиэтэнэр. Аҕалар күннэрин кэрэһилээн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-бэрэсидьиэнин 2002 сыл кулун тутар 22 күнүнээҕи 30-ВП №-дээх дьаһалынан «Ытык аҕа» Бэлиэ олохтоммута. Бу Бэлиэнэн хас сыл аайы, муус устарга, элбэх оҕолоох аҕалар кэнчээри ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ ситиһиилэрин, өрөспүүбүлүкэ олоҕор сүҥкэн, көхтөөх кыттыыларын, тус бэйэлэрин чөл олохтоох холобурдарын иһин наҕараадаланаллар.