ХАРБАЛАХСКАЯ СЕЛЬСКАЯ МОДЕЛЬНАЯ БИБЛИОТЕКА

ИСИИДЭР БАРААХАП ОҔО СААҺА

CAXA ОҔОТУН ҮГЭҺИНЭН Абааһыттан күрэтэн, дьадаҥы аймахтарыгар Чээччэйдэргэн үс сыл ииттэрэн баран Микииппэрдээх оҕолорун төттөрү ылбыттара. Ол икки ардыгар дьөссө биир уолламмыттара, ону Дьуона диэн аат биэрбиттэрэ, оҕолоругар ханыы гынаары элбэх оҕолоох аймахтарыттан Анньыыһын диэн биир уол оҕону иитэ ылбыттара. Онон баай Ньалбаахаан Микииппэр, билигин Ньалбаахаан диэн хос аатын устунан, Бараах уола баай Микииппэр диэн […]