
Харбалаах нэһилиэгэр Аҕам саастаахтар күннэригэр аналлаах тэрээһиннэр алтынньы ый маҥнайгы күнүттэн саҕаланан ситиһиилээхтик ыытылыннылар.
«Активное долголетие» Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырагырамматын чэрчитинэн Үлэ, тыыл бэтэрээнигэр, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕор Филиппова Софья Евсеевнаҕа ыалдьыттаатылар. Нэһилиэкпит баһылыга Платонов Константин Данилович эҕэрдэлээн сэмэй бэлэҕин туттарда.
И.Н.Бараахап аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын музейын исписэлииһэ Семенова Евдокия Павловна Учуутал күнүгэр анаан РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ Платонова Мария Саввична аатыгар анаммыт быыстапкаттан экспонаттары киллэрэн кэпсээтэ. Ол курдук Мария Саввична суруммут тэтэрээтин уонна “4”, “5” сыана туруорар харандааһын көрдөрдө.
Нэһилиэк култууратын үлэһиттэрэ ырыа кэһиилээх тиийэн сэргэхситтилэр, Марина Миссаиловна нэҺилиэк балыыһатын биэссэрэ Софья Евсеевна доруобуйатын көрдө-иһиттэ.
“Софья Евсеевна эн элбэх сыллаах туруу үлэҥ, нэһилиэгиҥ сайдыытыгар киллэрбит бэлиэ кылаатыҥ уонна олоҕуҥ суола — эдэр көлүөнэҕэ үрдүк холобур буолар. Билигин даҕаны уопсастыба олоҕор көхтөөхтүк кыттыһаргыттан, айылгылаах уһун олоҕу көрдөрөр үтүө холобуруҥ иһин махталбыт муҥура суох. Эйиэхэ баҕарабыт муҥура суох кытаанах доруобуйаны, ыалдьар диэни билбэт уһун дьоллоох олоҕу, өрүү үөрүү-көтүү, чугас дьонуҥ истиҥ сыһыана эйигин арыаллаатыннар диэн алгыс тылбытын аныыбыт.“
https://vk.ru/wall-212696752_1202




Алтынньы 4 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгин дьаһалтата көҕүлээһининэн, аҕам саастаахтары Бүлүү куоракка босхо илдьэн, Ю.Е. Платонов аатынан Эстрада тыйаатырын «Кынаттаах таптал» музыкальнай испэктээгин көрөн астынан кэллилэр.

Бу сыл Саха сиригэр Култуура сыла биллэриллибитинэн, нэһилиэк култууратын үлэһиттэрэ, бу эйгэҕэ үлэлээбит бэтэрээннэрин уратытык эҕэрдэлээтилэр.
“Бу күн саамай истиҥ уонна иһирэх тыллары сыралаах үлэни анаабыт, култуурабыт эйгэтин тутаах дьонугар — бэтэрээннэрбитигэр аныыбыт! Сыллар устата норуоту сырдыкка-кэрэҕэ уһуйбут, хас биирдии тэрээһини өрөгөйдөөх кэрэ-бэлиэ оҥорбут, култуура дьиэтин ис тыынын харыстаабыт үтүө үлэһиттэрбитигэр муҥура суох махталбытын тиэрдэбит!
Кинилэр уопуттара уонна олоххо тардыһыылара кэлэр көлүөнэҕэ өрүү үтүө холобур буолар. Ытык дьоммутугар кытаанах доруобуйаны, куруук үөрэ-көтө сылдьар үрдүк күүстээх санааны уонна уйгулаах олоҕу баҕарабыт! Дьоллоох буолуҥ!”
https://vk.ru/wall-212696752_1210





Сылын аайы буоларын курдук, Н. Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ бэтэрээн учууталларыгар тиийэн, дьиэҕэ-уокка, хаһаайыстыбаҕа көмөлөһөн, күүс-көмө буоллулар.






Алтынньы ый 8 күнүгэр аҕам саастаахтарбыт мустан, истиҥник көрсөн, оонньоон-күлэн, дуоһуйа кэпсэтэн, сэргэхсийэн тарҕастылар. Кинилэргэ өссө да уһун үйэни, чэгиэн туругу баҕарабыт!








https://vk.ru/wall-212696752_1215
Харбалаах нэһилиэгин И.Н. Барахов аатынан Культура киинигэр өрүү маанылыыр аҕам саастаах дьоммутугар анаан сэбиэскэй уонна индийскай киинэлэри босхо көрдөрүү буолла. Ытык дьоммутугар анаан улахан экраҥҥа сүрэххэ чугас, тапталлаах «Любовь и голуби», «Зита и Гита», «Клянусь тобой, любимая» уонна «Королева бензоколонки» диэн урукку кэмнээҕи чаҕылхай киинэлэр босхо көрдүлэр. Культура киинин үлэһиттэригэр аҕам саастаах көлүөнэҕэ ураты кыһамньыларын, үтүө бэлэхтэрин иһин олохтоохтор истиҥ махталлара муҥура суох!
