Харбалаах оскуолата

ОСКУОЛА АҺЫЛЛЫЫТА

Оскуола бастакы толору аата Харбалаахтааҕы биир кылаастаах училище. 1919 сыл сэтинньи ый 1 к. аһыллыбыта.

Оскуола Никифор Барахов дьиэтигэр 600 солкуобайга эттэһэн аһыллыбыт. Тохсунньуга 14 оҕо баарыттан 11 уол, 3 кыыс. Дуоскалаах, быраабылаҕа сөп түбэһэр 6 паарталаах, 1 суоттаах, арифметическай дьааһыктаах, глобустаах, полушариелар карталаах, ону сэргэ Азия карталаах, “Закон Божий” икки хартыына-альбомнаах, естествознаниеҕа биир альбомнаах, 60-ча учебниктаах, библиотекаҕа 128 кинигэлээх эбит.

Бастакы учууталынан 24 саастаах Попов Евдоким Георгиевич. Кини Дьокуускайдааҕы духовнай семинарияны бүтэрбит уонна 1913 сылтан учууталынан үлэтин саҕалаабыт. Оскуола сыалынан инородецтары үөрэххэ, билиигэ тардыы буолара.

Бастакы үөрэнээччилэринэн Барахов А.Н., Будищев П.С., Золотарев Н.Г., Николаева В.Н., Николаева Марфа, Николаев И., Николаев П.Г., Ноттосов М.А., Платонов И.И., Петров К., Константинов П.С., Николаева М.И. этилэр. Бастакы оскуолаҕа, бастакы үөрэнээччилэр хайдах үөрэммиттэрин, учууталлара Евдоким Георгиевич хайдах сыһыаннааҕын туһунан саха народнай суруйааччыта Николай Гаврилович Золотарев-Якутскай “Олох оскуолата” кинигэтигэр суруйбута, онтон ааҕан билиэххэ сеп.

Советскай былаас түөрэҥнээбэт курдук олоҕурбутун, культурнай революция саҥа олохтонон эрдэҕинэ, 1931 сыллаахха, Кыталыктаахха Ньукууһа бас билэр дьиэтигэр оскуола уон биир сыл буолан баран аһыллыбыта.

Онно бастакы учууталларынан Седалищев И.И. 1931-1932 үөрэх сылыгар, онтон нөнүө 1933-1934 үөрэх сылыгар Н.К. Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап, онтон 1934-1935 үөрэх сылыгар Оросутцев К.К. учууталынан үлэлээбиттэр.

1933 сылтан оскуолаҕа 3 учуутал баар буолбут: Седалищев И.И., Никифоров диэн Орто Бүлүү киһитэ уонна Харбалаахтан Томская диэн кыыс кэргэннээх Новиков Вас. Герм. 1934-1936 үөрэх сылларыгар үлэлээбиттэр.

Үөрэх-билии тарҕанар бастакы сылларыгар нэһилиэккэ учуутал үөрэхтээх соҕотох киһи, кини оҕону буукубаҕа үөрэтэрин таһынан улахан дьону үөрэтэрэ, сугулаантан ааҕар балаҕаннары тэрийии, онно көмөлөһүү учууталга сүктэриллэрэ.

Харбалаахха 1937-1938 үөрэх сылыгар ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн учуутал Прокопьев Иннокентий Иванович анаммыта, ити кэнниттэн Кузьмин Илья Семенович (Хара Кыыс уола), Трофимов Н. Д. Ааҕар балаҕан сыалынан-соругунан маассабай билиини нэһилиэнньэҕэ тарҕатыы, хаһыаттан, сурунаалтан, кинигэттэн дорҕоонноохтук ааҕыы, ырыа-хоһоон ааҕыытын, пьесаны туруорууну тэрийии уонна үҥкүүнү-битиини тэрийии, хамнаһа суох общественнай үлэ буолара.

Итинтэн сэдиптээн кэлин кулууптар тэриллибиттэр. ХХ-с үйэ 70 сылын устата Харбалаах начальнай, онтон 1970 сылтан аҕыс кылаастаах, 1992 сылтан орто оскуолаҕа кубулуйан 114 учуутал, саха, нуучча, эбэҥки дьонноро үлэлээннэр олохтоохторго билиини, сырдыгы иҥэрбиттэрэ. 30-с сыллартан булгуччулаах начальнай үөрэхтээһин ирдэнэн барбыта.

Седалищев Иван Иванович Харбалаах начальнай оскуолатыгар 1931-1932 үөрэх сылыгар учуутал-директор