Төрүччү

Төрүччү — дьон уруулуу-аймахтыы сыһыаннарын көрдөрөр ойуу эбэтэр сурук. Үксүгэр киһи бэйэтэ үөскээбит аҕатын эбэтэр ийэтин ууһун чинчийэн суруйуута ааттанар. Төрүччүгэ хаан уруулар, тастыҥ аймахтар бары киирэллэр.

Хас биирдии киһи төрдүн-ууһун билиэхтээх, кэлэр кэнчээри ыччакка тиэрдиэхтээх. Дьонун-сэргэтин билбэт киһи силиһэ быстыбыт үүнээйи кэриэтэ буолар. Төрдүн-ууһун билиитэ кини киһи быһыытынан силигилии үүнэн тахсарыгар  тирэх буолар.