
Олунньу 12 күнүгэр, уһулуччулаах политическай деятель Исидор Никифорович Барахов төрөөбүтэ күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуоттуур бөлөҕө Харбалаах нэһилиэгэр үлэлээтэ.
Мунньах иннигэр дэлэгээссийэ чилиэттэрэ Улуу киһи Исидор Барахов пааматынньыгар сүгүрүү бэлиэтин – тыыннаах сибэккилэри ууран ытыктыылларын, сүгүрүйэллэрин биллэрдилэр.
Сибэкки дьөрбөтүн ууруу дьоро түгэнигэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Джулустан Анатольевич Борисов, СӨ экономикаҕа миниистирэ Петр Иванович Попов уонна СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Дмитриевич Сергин кыттыыны ыллылар.
Исидор Бараахап төрөөбүт күнүгэр Харбалаах нэһилиэгин олохтоохторо үрдүкү наҕараадалары туттулар
Бырабыыталыстыба ааспыт 2025 сыллааҕы үлэтин отчуоттуур мунньахха бэлиэ түгэнтэн саҕаланна.
Ол курдук, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин автомобильнай транспорт бочуоттаах үлэһитэ» үрдүк ааты уонна түөскэ кэтиллэр бэлиэни Семен Семенович Максимов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин экономика министиэристибэтин Махтал суругун олохтоох дьаһалта специалиһа Марина Константиновна Котоконова уонна Харбалаах орто оскуолатын үлэһитэ Агафья Михайловна Борисова Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэх уонна билим министиэристибэтин Махтал суругун СӨ экономика миниистирэ Петр Попов илиититтэн туттулар.
СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Сергин «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйатын харыстабылын туйгуна» түөскэ кэтиллэр бэлиэни Харбалаахтааҕы ФАП-ка 1992 сыллаахтан күн бүгүнүгэр диэри бэриниилээхтик үлэлии сылдьар Клара Константиновна Платоноваҕа анаабытын төрөппүт кыыһа тутта.




Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан дойду көмүскэлигэр мобилизациянан ыҥырыллан сулууспалаабыт, үс төгүл бааһырыыны ылан кэлбит Харбалаах нэһилиэгин олохтооҕо Айаал Степанович Андреевка улуус баһылыга Валерий Николаев саха быһаҕын туттарда уонна төрөөбүт Харбалааҕын нэһилиэгин баһылыга, оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр учууталлаабыт Константин Платонов махтананан туран Убаһа бэлэхтээтэ.


Харбалаах нэһилиэгэр Бырабыыталыстыба отчуоттуур мунньаҕар И.Н.Барахөв аатынан култуура киинин дириэктэрэТатьяна Сергеева саҥа киирбит эбийиэккэ эбии 5 үлэ штатка көрүллүөхтээҕэ киирбэккэ турарын туһунан этиннэ.
СӨ Экономикаҕа миниистирэ Петр Попов 5 штатка үбүлээһин бу сылтан көрүллэн турар диэн хоруйдаата.
Харбалаах орто оскуолатын дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччыта Варвара Иванова оскуола уонна уһуйаан дьиэлэрэ оҕо үөрэнэригэр, сылдьарыгар сөп түбэспэтин этэн туран саҥа оскуола уонна уһуйаан дьиэтэ тутулларын туруорсар суругун Петр Поповка туттарда.
Петр Иванович улууска тутуллуохтаах эбийиэктэри уочараттарын чопчулаан, Ороһу оскуолата тутуллан бүттэҕинэ хайа эбийиэк бастакы уочаратынан киириэн сөбүн көрөллөрүгэр улуус баһылыгар Валерий Николаевка сүбэлээтэ.
Бырайыактары оҥорорго биирдии нэһилиэги ылан, чопчу көрөн, төһө оҕо чахчы үөрэнэринэн оччо миэстэлээх эбийиэктэри былаанныылларыгар, оччотугар билиҥҥи курдук улахан эбийиэктэр тутуллан баран быһаҕас үлэлии тураллара ороскуоттарын улаханын ыйан туран, Бу усулуобуйаны учуоттаан үлэлииллэрэ тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ.
Харбалаах нэһилиэгэр олохтоохтор эмиэ атын нэһилиэктэргэ курдук ОДьКХ тэрилтэ дьылҕатын, саха тылын чаастара аҕыйаҕын туһунан этиннилэр.
Сүөһү төбөтүгэр көрүллэр 39 тыһ.солк. сыһыаннаан: – чииптээх, нүөмэрдэммит сүөһүнү өлөрөн сиэбит буоллахтарына, ылбыт харчыларын судаарыстыбаҕа төннөрүөхтээхтэр.
Быйылгыттан ынах сүөһүнү иитэр харбалаахтар үүтү туттарардыы былааннанан олороллор эбит.
ТКО боппуруоһа сытыытык турда. Саамай ыраас нэһилиэк аатын сүгэр нэһилиэк бөх кэмигэр хомуллубакка олус киртийэрин этиннилэр. Онон бу ыйтан саҕалаан бөҕү куулунан тутуу ньыматын ылсан эрэллэрин туһунан нэһилиэк баһылыга Константин Платонов эттэ.





САҤА КИНИГЭ БИҺИРЭМЭ
Биллиилээх судаарыстыбаннай деятель, саха норуотун улуу уола Исидор Никифорович Барахов төрөөбүтэ 128 сылын туолар бэлиэ күнүгэр кини сырдык аатыгар анаммыт «Умнуллубат аат: Барахов Исидор Никифорович» диэн саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ буолла.
Бу дьоһуннаах кинигэҕэ Исидор Никифорович Барахов саха норуотун ыйааһыҥҥа турар уустук кэмигэр ылыммыт күүстээх быһаарыыларын, кылгас да буоллар, дьоһуннаах олоҕун сүрүн түгэннэрин толору арыйар.
Икки сыл устата бэлэмнэммит 520 экземплярынан тахсыбыт кинигэ ааптара СӨ Култууратын туйгуна, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Светлана Даниловна Копыленко буолар.
Буруолуу сылдьар кинигэ сүрэхтэниитигэр улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтингэр солбуйааччыта Анна Михайловна Уларова, СӨ Норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Егорович Чычахов, Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Платонов, Исидор Барахов хаан-уруу аймахтара, саха народнай суруйааччыта Николай Золотарев – Якутскай сиэн быраата, СӨ Үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Григорий Степанович Золотарев, Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум устудьуоннара уонна бибилитиэкэ эрэллээх ааҕааччылара кыттыыны ыллылар.

