“Умнуллубат аат: Барахов Исидор Никифорович”

“Умнуллубат аат” диэн сиэрийэ иҺинэн аан бастакынан тахсыбыт “Барахов Исидор Никифорович” Светлана Даниловна Копыленко кинигэтин биҺирэмэ Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар Харбалаах нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр ыытылынна.

Кинигэни Үөһээ Бүлүү улууһун кыраайы үөрэтээччилэрин уонна устуоруктарын түмсүүлэрин салайааччыта Бурхалей Степанович Макаров уонна өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр киэн туттар киһибит Иван Иванович Шамаев санаа ымыыта гынан таһаарарга этии киллэрбиттэрэ. Кинигэ икки сыл устата чочуллан таҕыста. 520 экземпилярынан бэчээттэннэ. Кинигэҕэ үгүс архыып, Светлана Даниловна муспут матырыйааллара туһаныллыбыттар.