Тохсунньу 3 күнэ Ил Дархан Айсен Сергеевич кэргэнэ Людмила Валерьевна Николаева Харбалаах нэһилиэгэр И.Н. Барахов аатынан култуура киинигэр ыалдьыттаата. Кинини кытта Айсен Сергеевич бииргэ төрөөбүт балта Аяна Сергеевна Николаева, Арыйаана Романовна Михайлова, Роза Семеновна Егорова.



Тохсунньу 12 күнэ. И.Н.Бараахап аатынан культура киинигэр Үөһээ Бүлүү улууҺун дьаһалтатын 2025 сыллааҕы улэтин отчуота буолла. Мунньахха кыттыыны ылаллар:
- Николаев Валерий Валерьевич- улуус БаҺылыга
- Алексеев Александр Пантелеймонович-электростанция салайааччыта;
- Алексеев Еремей Еремеевич – ойуур хаҺаайыстыбатын начальнига.
- Игнатьева Марфа Викторовна–улуус баҺылыгын үпкэ уонна экономикаҕа солб;
- Васильев Семен Семенович –тыа хаҺаайстыба управл начальнига;
- Кынатов Юрий Васильевич – үөрэх управлениетын начальнига;
- Колтовской Семен Александрович – «КУМИ» салайааччыта;
- Николаев Егор Алексеевич- спорт управлениетын начальнига;
- Хобусаров Роман Иннокентьевич – тутуу управлениетын салайааччыта;
- Андреева Зинаида Андреевна– суол фондатын начальнига;
- Егомина Зоя Валентиновна – социальнай харалта салайааччыта;
- Николаева Альбина Ивановна-пенсионнай уонна социальнай фонда салайааччыта;
- Гаврильев Альберт Константинович- олох-дьаҺах коммунальнай хаҺаайыстыба
- Павлова Сардана Николаевна- улуустааҕы киин балыыҺа кыл.бырааҺа;
Мунньахха Харбалаах олохтоохторо көхтөөх кыттыыны ыллылар, интириэһиргиир, долгуйар ыйытыктарын тула сэргэх кэпсэтии таҕыста.
Олохтоохтор хотон тутуутун уонна уһуйаан өрөмүөнүн сүрүннээн ыйыттылар, туруорустулар. Маны тэҥэ И. Н. Барахов аатынан түмэлгэ оскуола оҕолорун сырытынарыыны үөрэх бырагыраамматыгар киллэриигэ этиннилэр.
Сүрүн болҕомто доруобуйа харыстабылын өттүгэр таҕыста. Маныаха Үөһээ Бүлүүтээҕи киин балыыһа сүрүн бырааһа Сардана Николаевна Павлова нэһилиэнньэ ыйытыгар хоруйдаата.
Харбалаах олохтоохторугар көхтөөх кыттыыгыт иһин махтанабыт, мунньахха киирбит этиилэргитин, ыйытыыларгытын болҕомтоҕо ылабыт.



Кулун тутар 20 күнэ. “Баһылык оскуолата” диэн үөрэх форума Харбалаах нэһилиэгэр иккис күнэ буолла. Манна “Аһаҕас микрофон” рубрикаҕа кыттааччылар бэйэлэрин санааларын үллэстилэр, социальнай граҥҥа бырайыактары оҥорорго анаммыт дьыалабыай оонньуу буолла.
Муус устар 9-10 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгэр, И.Н. Барахов аатынан култуура киинигэр VI төгүлүн «БАСХАН – 2026» өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыалабыай оонньуу буолла.
«БАСХАН – 2026» өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыалабыай оонньуу Судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Васильев төрөөбүтэ 130 сылыгар уонна Үөһээ Бүлүү улууһугар Үөрэхтээһин тэриллибитэ 150 сылыгар аналлаах ыытылынна.
Икки күн устата Саха сирин бастыҥтан бастыҥ, лиидэр уолаттара «Удьуор утум», «Өркөн өй», «Дойду салайааччыта», «Мөккүөр» уонна «Айыы умсулҕана» курдук ыарахан, ол эрэн олус дириҥ ис хоһоонноох түһүмэхтэри аастылар.

Басхан-2026 кыайыылаахтара:
КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХ — Никонов Айхал Иванович (өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт, Дьокуускай куорат);
I ҮРДЭЛ — Семенов Тимур Павлович (Харбалаах орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү улууһа);
II ҮРДЭЛ — Луковцев Богдан Иннокентьевич (В.В. Филиппов аатынан гимназия, Горнай улууһа);
III ҮРДЭЛ — Михайлов Андрей Павлович (С.К. Макаров аатынан гимназия, Чурапчы улууһа).
Бу күрэххэ кыттыбыт хас биирдии уол — бэйэтин улууһун киэн туттар ыччата, кэлэр кэскиллээх салайааччыта. Экспертэр бары кыттааччылар билиилэрин, тобуллаҕас толкуйдарын уонна салайар дьоҕурдарын үрдүктүк сыаналаатылар.

Анал ааттарынан наҕараадаланнылар:
«Удьуор утума салҕыыр БАСХАН» — Лобанов Эрчим (Мэҥэ Хаҥалас);
«Сайдам санаа БАСХАНА» — Саввинов Уйгун (Кэбээйи);
«Өркөн өй БАСХАНА» — Пономарев Арылхан (Чурапчы);
«Хомоҕой тыл БАСХАНА» — Сергучев Михаил (Сунтаар);
«Ылыннарыылаах тыл БАСХАНА» — Николаев Андриян (Үөһээ Бүлүү);
«Элбэҕи эрэннэрэр БАСХАН» — Слепцов Климентий (Ньурба);
«Кэрэхсэбиллээх БАСХАН» — Матвеев Арчын (Дьокуускай);
«Тобуллаҕас толкуй БАСХАНА» — Семенов Кэскил (Бүлүү);
«Кыайыыга дьулуурдаах БАСХАН» — Дорофеев Мирослав (Ньурба);
«Киэҥ көрүүлээх БАСХАН» — Горохов Айаан (Сунтаар);
«Кэскиллээх кыттааччы» — Руфов Юлиан (Үөһээ Бүлүү).
Үөрүүлээх эҕэрдэ! Бары кыайыылаахтарбытыгар уонна кыттааччыларбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит! Эһиги — Сахабыт сирин кэлэр кэскилэ, дьиҥнээх эр бэртэрэ буолаҕыт. «БАСХАН» оонньуу алгыстаах суола салҕана турдун, саха саарыннара үүнэн-тахсан, дойдубут сайдыытыгар үтүө үлэлэрин уурдуннар!
VI төгүлүн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи «БАСХАН – 2026» дьыалабыай оонньуу үрдүк таһымнаахтык түмүктэннэ. Бу улахан түһүлгэ Исидор Никифорович Барахов төрөөбүт Харбалаах нэһилиэгиттэн 2013 сыллаахха саҕаламмыта, бүгүн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах уол оҕо иитиитин сүрүн бырайыагыгар кубулуйда.
Анал бириистэри олохтоон, кыттааччылары өйөөбүт дьоһун дьоммутугар махталбыт улахан. Бу күрэххэ анал бириистэри Харбалаах нэһилиэгин оҕотуттан оҕонньоругар диэри туох баар ытык-мааны олохтоохторо, тэрилтэлэр салайааччылара, уол оҕо иитиитин кэскиллээх бырайыагын өйөөбүт Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Ол курдук, «БАСХАН» тэрээһинин хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна дьиэ кэргэн политикатыгар солбуйааччы Анна Михайловна Уларова уонна улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Дмитриевич Иванов бырайыакпыт сүрүн бирииһин — ноутбугу — туруоран, саҥа саарыннарбытын үрдүктүк наҕараадалаатылар.
Эһиги болҕомтоҕут — ыччаттарбытын кэскиллээх олоххо түстүүр, кинилэри үтүөҕэ-кэрэҕэ сирдиир улахан тирэх буолар. Үтүө дьыалаҕа кылааттарын киллэрсибит тэрилтэ салайааччыларыгар туспа махтал!
Балаҕан ыйын 17 күнэ, Харбалаах нэһилиэгэр саҥа эти-сиини чэбдигирдэр, чөл олоҕу тутуһар, Харбалаах сирин бар дьонугар–сэргэтигэр анаан УСПУОРТ БЫЛАҺААККАТА арылынна.

Бу успуорт былаһаакката Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагырааманнан уонна биһиги Харбалаахпыт нэһилиэгин дьонун-сэргэтин, биир дойдулаахтарбыт көмөлөрүнэн тутулунна

Успуорт былаһааккатын арыллыытын туоһулуур аалай лиэнтэтин кырыйдылар:
1) «Харбалаах нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалтатын баһылыга Платонов К.Д.
2) Николай Гаврилович Золотарев – Николай Якутский аатынан Харбалаах орто оскуолатын үрдүк катигориялаах физкультура учуутала, Россия,Сахаада успуордун маастара, Манчаары оонньууларын чемпиона- Алексеева Ирина Яковлевна
3) Н.Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ, И.Н.Бараахап аатынан оҕо тэрилтэтин бэрэсидиэнэ Владилена Платонова
Саҥа былаһааккабыт оҕолорбут, ыччаттарбыт дьоллоох үөрүүтүнэн, сылаас мичээринэн туоллун!
