
Будищев Петр II Спиридонович (1915-1944 с.с.)
Мутук Испирдиэн уола Бүөтүр-II 1915 сыллаахха Харбалаахха төрөөбүтэ. 1941 сыллаахха маҥнайгы ыҥырыкка Ийэ дойдутун көмүскүү Бүлүү военкоматыттан барбыт. Сэриигэ барыаҕыттан арҕаа фроҥҥа хорсуннук сэриилэспит. 1944 сыллаахха өлбүтүн туһунан биллэрии кэлбит. Ханна көмүллүбүтэ биллибэт. Оҕото, ойоҕо суох.
Будищев Семен Спиридонович (1922-1943 с.с.)
Мутук Испирдиэн уола Кылаахы Сэмэн 1922 сыллаахха Харбалаахха төрөөбүтэ. Сэриигэ барыар диэри “Бааһынай” холкуоска үлэлээбитэ. Сэмэн 1942 сыллаахха иккис ыҥырыкка түбэһэн сэриигэ барбыта. Кини Сталинград хайысхатынан сэриилэспит, онтон тыыннаах ордон Курскай тоҕойго кырыктаах кыргыһыыга сырдык тыына быстыбыта. Курскай уобаласка көмүллүбүт. Оҕо да, ойох да суох.
Будищев Петр Спиридонович I (1905-1954 с.с.)

19-с үйэ саҕана Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар Өргүөт диэкиттэн Дьоҕус ойуун кэлэн, олохтоох кыыһы кэргэн ылан, дьиэ-уот тэринэн, Көтөх Буутунан, Күндэнэн олорбут кини икки уол оҕоломмут: Киэҥ Уйбаан – Сеөменов Иван, Мойтоҥ Ньукулай – Семенов Николай. Мойтоҥ Ньукулай, Мутук испирдиэн, Кэнтэкээбэй Эҥиэнтэй, Какабыл Баһылай диэн уолаттардаммыт уонна биир кыыстаммыт. Мутук Испирдиэн бастакы кэргэнэ Нам нэһилиэгиттэн төрүттээх эбит. Эдэр ыал Настааччыйа Бүөтүр I, Ньукулай I, Балбаара, Бүөтүр II диэн оҕоломмуттар, онтон кэргэнэ өлөн хаалбытын кэннэ иккистээн кэргэннэнэр уонна Хаҕыдах Харычыана, Даарыйа, Баабыла, Кылаахы Сэмэн, Ньукулай II диэн оҕолоноллор. Сэрии саҕаланыыта бырааттыылар армияҕа барбыттара. Бастакынан Будищев Петр Спиридонович II ыҥырыллар, Сэмэн Спиридонович, Петр Спиридонович I 1942 сыллаахха, Николай Спиридонович I 1943 с., Николай Спиридонович II эмиэ ити сыллаахха бараллар.
Петр Спиридонович I 1905 сыллаахха төрөөбүтэ. Сэриигэ барарыгар уола 3 ыйдаах хаалбыта. Бэйэтэ улахан үөрэҕэ суох, сылгыһыт буолан аттары көрөр-харайар, айааһаан көлүнэргэ бэлэмниир хамаандаҕа киллэриллибитэ. Кини илин Япония сэриитигэр сулууспалаабыта. Снарядтары, ботуруоннары таһар, итии аһылыгы аҕалар эбээһинэстээҕэ. Ити сылдьан буомбалааһыҥҥа да түбэһэрэ, табыллан госпиталланара, сүгэ сылдьар итии мииннээх иһитин тэһэ ыттаран буһа сыспыта эмиэ баара. Хата түргэнник үтүөрэн, чааһыгар төттөрү кэлэн испит. Дойдутугар 1946 сыллаахха эргиллибит уонна холкуоһугар үлэлээн барбыт. 1954 сыллаахха ыарахан ыарыыттан күн сириттэн арахсыбыта.
Иван Борисов, бэтэрээн-суруналыыс “Бырааттыы Будищевтар илин-арҕаа фроннарга” диэн “Забота. Арчы” хаһыат 2012 сыллааҕы 12 № таһаарбыт ыстатыйатыттан
1954 сыл балаҕан ыйын бүтүүтэ аҕам Будищев Петр Спиридонович ыараханнык ыалдьан уһугулаан сытар этэ. Мин 4 сааспын туола илик, саҥа борбуйбун көтөҕө сатыы сылдьар бэдик, мэниктээн сүүрэкэлии сырыттахпына, аҕам тарбаҕынан ыҥыран ылбыта. Мин хап-сабар чугаһаан кэлбиппэр, оронун таһыгар турбут мас тайаҕын ылан, тугу да саҥарбакка эрэ кэтэххэ саайбыта. Соһуйбут омуммар марылаччы ытаабытынан ийэбэр сүүрэн тиийэн үҥсүбүт үһүбүн: “Ийээ, аҕам миигин оҕуста”. Онтон аҕам өлөн, хоруопка сыттаҕына, аттыгар кэлэн аахсар үһүбүн: “Эн миигин охсубутуҥ”, – эҥин диэн. Кэлин санаатахпына, аҕам миигин бастаан утаа аһара суохтаабатын диэн итинник быһыыланнаҕа буолуо.
Аҕам 1942 сыллаахха иккис хомуурга түбэһэн 39 сааһыгар армияҕа барбыт. Дьон кэпсэлинэн аҕам сэриигэ передовой линияҕа итии аһылык таһыытыгар сылдьыбыт үһү. Итии мииннээх, чэйдээх термостарын тэһитэ ыттаран ууга-уокка түһэрэ үһү. Синиэлин да курдары ыттарара үһү. Арҕаа сэриигэ сылдьыбытын туһунан истибитим ити. Кыайыы кэнниттэн үргүлдьү дьоппуон сэриитигэр утаарыллыбыт. Сэриигэ ылбыт хас да мэтээллэрин биһиги эдьиийбинээн оонньуу сылдьан сүтэртээн кэбиспиппит. Сэриигэ барарыгар кэргэнэ Бүлүү Кыргыдайыттан төрүттээх Өрүүнэ диэн дьахтар Рево диэн уол оҕолоох хаалбыт. Сэрииттэн 1946 сыллаахха эргиллэн кэлбитэ, кэргэнэ киһиттэн кыыс оҕолонон тоһуйбут, ол иһин арахсан хаалбыт.
Биһиги күн сирин көрөр быабытыгар Платонова Мария Саввична диэн икки уоллаах, кэргэнэ репрессияҕа түбэспит дьахтардыын ыал буолбуттара. 1948 сыллаахха эдьиийим Люба, 1950 сыл бүтүүтэ мин күн сирин көрбүппүт.
Аҕабыт халкуоска хонуу биригэдьииринэн үлэлээбит. Оччотооҕу дьон сарсыарда күн тахсыаҕыттан күн киириэр диэри үлэлииллэрэ. Ол сылдьан ас барбат буолан ыалдьыбыт. Ити ыарыытын оччолорго Новая Земля диэн арыыга атомнай дэлби тэптэриини кытта сибээстээх буолуо дии саныыбын. Аҕам уҥуоҕа эргитиллибэккэ хаалбыта олус хомолтолоох. Быстыан иннигэр Бүлүүттэн икки бырааттарын ыҥыртаран кэриэһин эппит даҕаны ол кыаллыбатах. Аҥаардас хаалбыт ийэбит кыамматаҕа чуолкай. Кэлин аҕам уҥуоҕун көрдөөрү соруммуппун ийэм саба саҥаран тохтоппута.
Уола Климент Петрович Будищев, тутуу инженерэ, үлэ ветерана
Николаев Николай I Спиридонович – Тулакай (1925-1974 с.с.)

Николаев Николай I Спиридонович үөрэхтээх, нууччалыы билэр буолан саллааттары үөрэтиигэ сылдьар. Японияны утары сэриигэ кыттар. Дойдутугар эргиллэн Бүлүүгэ Каганович аатынан холкуос бэрэссэдээтэлинэн тахсыылаахтык үлэлиир. Николай Спиридонович оройуоҥҥа биллэр салайааччы, райсовет депутата буолар, хас да сыл райсовет исполкомун председателин солбуйааччынан үлэлиир.
Иван Борисов, бэтэрээн-суруналыыс “Бырааттыы Будищевтар илин-арҕаа фроннарга” диэн “Забота. Арчы” хаһыат 2012 сыллааҕы 12 № таһаарбыт ыстатыйатыттан
Николай Спиридонович бастакы кэргэниттэн икки уол оҕолоох, кэнники кэргэниттэн икки кыыстаах эбит. Олортон билигин элбэх сиэннэр, хос сиэннэр кини утумун салгыыллар.
Будищев Николай II Спиридонович (1926-1994? с.с.)

Будищев Николай II Спиридонович арҕаа немецтэри кытта уоттаах сэриигэ кыттыбыта. Күннэри-түүннэри өстөөҕү утары уоту аһа сыппыта. Биир күн оскуолка кини хараҕын тэһэ түһэн кэбиһэр, онон госпитальга уһуннук эмтэнэр. 2-с группалаах инбэлиит буолан дойдутугар эргиллэр. Николай Спиридонович танкист этэ, старшай лейтенант званиелаах, Кыһыл Сулус орденнаах, хас да мэтээллээх кэлбитэ. Кэлэн баран тыа хаһаайыстыбатыгар трактордары, массыналары өрөмүөннүүрэ, кэлин Степан Аржаков аатынан совхозка үлэлээбитэ. Үлэ Кыһыл Знамята орденынан наҕараадаламмыта.
Иван Борисов, бэтэрээн-суруналыыс “Бырааттыы Будищевтар илин-арҕаа фроннарга” диэн “Забота. Арчы” хаһыат 2012 сыллааҕы 12 № таһаарбыт ыстатыйатыттан
Николай Спиридонович анал үөрэҕэ суох эрээри айылҕаттан бэриллибит талаанынан техниканы биэс тарбаҕын курдук билэрэ, хайа тыраахтар, массыына ханнык чааһа мөлтөөбүтүн тыаһыттан эрэ эндэппэккэ билэр кыахтааҕа. Ол да иһин Степан Аржаков аатынан совхозка механигынан, инженеринэн үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Николай Спиридонович иккитэ кэргэннэнэ сылдьыбыта да соҕотох кыыстааҕа. Тината 4 оҕоломмута, эдэр сааһыгар ыалдьан олохтон туораабыта. Уоттаах сэрии кыттыылааҕа, Кыһыл Сулус орден, хас да бойобуой мэтээллэр кавалердара 1994 сыллаахха олохтон туораабыта.
Россияҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи сылыгар анаан “Албан аат” диэн уруок оҕолорго ыытылынна. Харбалаах нэһилиэгиттэн Аҕа дойду сэриитигэр биир ыалтан үстүү, түөртүү, биэстии ини-бии уолаттар барбыттара. Элбэх оҕолорун сүтэрбит ыаллар тустарынан оҕолор биллиннэр диэн сыаллаах бу уруок ыытылынна.