«СОЛОТУУРАПТЫЫ СУРУЙУУ»

Норуоттар доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык Киһитэ Н. Г. Золотарев – Якутскай төрөөбүт күнүгэр аналлаах «СОЛОТУУРАПТЫЫ СУРУЙУУ» аахсыйа Үөһээ Бүлүү улууһугар үһүс төгүлүн ыытылынна. 11 нэһилиэк кыттыыны ылла, уопсайа 148 киһи суруйда, олортон 75 оҕо, 12 киһи туйгуннук суруйда.

Аахсыйа сыала-соруга: Саха сирин норуодунай суруйааччыта Н.Г. Золотарев – Якутскай олоҕун, айымньыларын ааҕарга көҕүлээһин.

Аахсыйа уратыта, көппүт тыллары кэпсээн ис хоһоонунан сөпкө суруйуу.

Суруйуу тиэкиһэ Н. Г. Золотарев – Якутскай айымньытынан, 16 саастарыгар диэри оҕолорго туспа «Булчуттар» остуоруйата, улахан дьоҥҥо «Көмүстээх үрүйэ» сэһэниттэн быһа тардан ыытылынна.

«Солотуураптыы суруйуу» аахсыйаҕа кыттыбыт дьоҥҥо, тэрийсибит нэһилиэктэр библиотекардарыгар барҕа МАХТАЛ!

Тэрийээччилэр: Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотеката, Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолата, И.Н. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын түмэлэ.

Кыттааччылар санаалара:

Солотуураптыы диктана наһаа сонун, дьонум астынан бардылар. Сиэммэр таайтарыам диэн биир бабушка спец. миэхэ таһааттаран тексин илдьэ барда👍

Биир бастын аа5ааччыбыт Павлов Егор Егорович, 75 саастаах, себулээн барда👍”Интэриэьинэй эбит, хата ейум кыратык тобулунна” диэтэ👏👏👏👍 Махтал тэрийээччилэргэ🤗

астыннылар,дьыктааннаазар ордук дииллэр🙌

Харбалаах нэһилиэгэр туйгун суруйааччылара: