“Саха Ньукулайыгар ыалдьыттыыбыт”

Норуот суруйааччыта Н.Г. Золотарев-Якутскай төрөөбүтэ 117 сааһын көрсө “Саха Ньукулайыгар ыалдьыттыыбыт” диэн суруйааччы олоҕун, айар үлэтин көрдөрөр экспозиция арыллыыта, сэтинньи 21 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгэр буолла.

Норуоттар доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык Киһитэ Н. Г. Золотарев – Якутскай аата кэлэр ыччаттарбытыгар хааллын, үйэтилиннин диэн эргэ кулууп саалатыгар турда.

Сыл ахсын ыытыллар “Алмааһы көрдөөччүлэр” өй күрэҕэ быйыл эмиэ буолла. Барыта үстүү киһилээх биэс хамаанда кытынна. Оонньуу аан маҥнайгы сыллар ыытыллыбыт форманнан буолла. Ол аата, телевизорга көстөр “Своя игра” диэн өй күрэҕин курдук, хамаанда бэйэтэ очукуоннан бэйэтигэр сөптөөҕү талан эппиэттиир. Ыйытыы ыарахан буоллаҕына (50:50) билэр хамаандаҕа биэрэн аҥаардаһар. Ол курдук, тыҥааһыннаах киирсии кэннэ, кыайан испит Талбаана түмсүү иккис хамаандата, сыыһа эппиэттээн элбэх суумманы сүтэрэн, оҕолор хамаандаларын кытта очукуолара тэҥнэһэн, анал ыйытыкка сөпкө эппиэттээн 3 үрдэлгэ тигистэ. Араа-бараа кииристилэр нэһилиэк хамаандата уонна Талбаана түмсүү бастакы хамаандата. Нэһилиэк хамаандата кыра суумманы сүтэрдэ, онтон Талбаана түмсүү бастакы хамаандата сүтэрбит сууммата элбэх буолан 2 үрдэл буолла. Нэһилиэк хамаандата бастакы үрдэлгэ тахсан, кыайыы-хотуу амтанын билэн, көһө сылдьар куубагы илдьэ бардылар.