
Харбалаах нэһилиэгин Сутурукановтар дьиэ кэргэннэриттэн 4 уол Аҕа дойду Улуу сэриитигэр утуу-субуу ыҥырыллыбыттара. Ол курдук, Сутуруканов Григорий Иванович, Сутуруканов Софрон Егорович, Сутуруканов Самсон Иннокентьевич уонна соҕотоҕун тыыннаах эргиллэн кэлбит Сутуруканов Дмитрий Иванович.
Бүгүҥҥү “Албан аат” уруокпутугар Дмитрий Иванович кыыһа, Н.Г. Золотарев аатынан Харбалаах орто оскуолатын учуутала Зоя Дмитриевна кэпсээтэ.



















