«Талбаана» түмсүү

Алтынньы ый 15 күнэ,  Тыа сирин дьахталларын аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр. Бу күҥҥэ анаан, Харбалаах нэһилиэгин далбар хотуттарын «Талбаана» түмсүү туһунан кыратык билиһиннэриим.

«Талбаана» түмсүү 2023 сыл, олунньу ый 4 күнүттэн үлэлиир. Бу түмсүүнү иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьар, Харбалаах нэһилиэгин Далбар Хотуна Сергеева Людмила Васильевна. Түмсүү бастакы улахан үлэтин анал байыаннай дьайыыга сылдьар уоллаттарбытыгар ас астаан, мал-сал хомуйан ыыппыттара буолар. Нэһилиэк библиотеката, култуура киинэ, И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннас түмэлэ ыытар тэрээһиннэригэр көхтөөх кыттыыны ылан, тэрээһини киэргэтэллэр.

Быйыл Харбалаахха И.Н. Барахов аатынан култуура киинэ арыллыбыта, онно хостонон түмсэллэр, талба талааннаахтар сүбэ-ама буолсаннар оҕолоругар, сиэннэригэр, бэйэлэрэ сыанаҕа кэтэллэригэр араас сахалыы киэргэллэри оҥостоллор.

2024 сыл, ыам ыйын 25 күнүгэр биир сыллаах үлэлэрин отчуоттуур кэнсиэр тэрийбиттэрэ. Кэнсиэр үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта, ол курдук, оҥорбут үлэлэрэ быыстапкалаан, лоторея оонньотон, көрөөччү биһирэбилин ылбыттара.

Үөһээ Бүлүү улууһун түмсүүлэрин кытта ыкса үлэлэһэллэр, араас маастар кылаастарга сылдьан элбэххэ үөрэнэллэр. Улуус иһинэн ыытыллар күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытталлар.

Быһата диэн этэххэ «Талбаана» түмсүү нэһилиэк тутаах кэрэ аҥардара сылдьаллар, араас тэрээһиннэр нэһилиэкпитигэр «Талбаана» түмсүүтэ суох сатаммат буолан олоробут. Харбалаах нэһилиэгэ Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр дьоннордоох буоламмыт, маннык кэрэ баараҕай култуура кииннээх буоламмыт ыраахтан-чугастан ыалдьыттар күннэтэ кэлэ тураллар, ону көрсөрбүтүгэр биһиги далбар хотуттарбыт буһарбыт минньигэс алаадьыларынан айах тутан күндүлээн көрсөбүт.

Нэһилиэккэ маннык далбар хотуттарын түмсүүтэ баарыттан киэн туттар, сайдар. Салҕыы биир сомоҕо буолан, хас эмэ сыллар тухары түмсүүгүт сайдан иһин диэн баҕарабын.

Рузанна Ахмедовна Николаева,

Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ.