УҺУН ҮЙЭЛЭЭХ

Аан дойдутааҕы Аҕам саастахтар декадатын чэрчитинэн бүгүн Харбалаах нэһилиэгин тэрилтэлэрин салайааччылара уһун үйэлээхпитигэр Софья Евсеевнаҕа ыалдьыттаатыбыт. Софья Евсеевна Үөһээ Бүлүү улууһун, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ, тыыл, сыана бэтэрээнэ.

Аҕам саастаахтар күннэринэн эҕэрдэлээтибит, кыра бэлэх туттардыбыт, доруобуйатын бэрэбиэркэлээтибит, сэргэхситэн оонньоттубут, ирэ-хоро кэпсэттибит, санаата көтөҕүлүннэ.

“115 сааспар дылы тиийиэхтээхпин” – диэтэ. Оҕолорун, сиэннэрин көрүүтүнэн – истиитинэн, тапталларыгар ытык киһибит 115 сааһыгар тиийиэ дии саныыбыт.

Дойду үрдүнэн уһун үйэлэнии кээмэйэ 90 сааһынан быһыллар. Ол аата 90 сааһын туолбут киһи уһун үйэлээх дэнэр.